08.12.2024

Эдэр краеведтар ситиһиилэрэ

Кулун тутар 24 күнүгэр Покровскай куоракка “Мазары Бозеков –один из лидеров якутского народа”  диэн  I зональнай научнай-практическай конференция буолан ааста. Тэрийээччилэринэн Хаҥалас улууһун депутаттарын Сэбиэтэ, улуустааҕы культура уонна духуобунай сайдыы управленията, Хаҥаластааҕы библиотечнай ситим буоллулар.

Конференция Маһары Бозеков 390 сылыгар ананна. Тэрээһиҥҥэ IV-XI кылаас үөрэнээччилэрэ уонна улуус краеведтара кыттыыны ыллылар.

Нам улууһуттан М.К.Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Попова Диана (салайааччылар Петрова Е.С., Антонова У.Н.), Көбөкөн орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Бочкарев Архан (салайааччы Жиркова Л.Е.) ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.

Попова Диана  “Нохто Никин-17 үйэҕэ саха биир бастыҥ салайааччыта” диэн дириҥ ис хоһоонноох дакылаатын олус үчүгэйдик арыйан кэпсээтэ уонна  II степеннээх дипломунан, “Книжный маркет” маҕаһыын сертификатынан наҕараадаланна.  Бочкарев Архан “Мазары Бозеков-один из первых, отстоявших право народа саха” диэн дакылаатын интэриэһинэйдик кэпсээн биһирэннэ уонна “Будущий краевед” номинация кыайыылааҕынан буолла.

Бу дьоһун суолталаах конференцияҕа кыттыбыт оҕолорбутун ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит уонна салгыы төрөөбүт дойдуларын историятын үөрэтиигэ, чинчийэр үлэҕэ өссө үрдүк дабайыылары, чаҕылхай арыйыылары баҕарабыт.

Р.Гоголева

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять