09.10.2024

«Эҥсиэли хочото-айар кут түһүлгэтэ»

Бэс ыйын 21 күнүгэр Нам улууһугар Үрүҥ тунах ыһыах программатыгар киирбит «Эҥсиэли хочото-айар кут түһүлгэтэ»  хоһоонньуттар күөн күрэстэрэ Кымыс түһүлгэтигэр ыытылынна. Хомоҕой тыллаах хоһоонньуттар түһүлгэлэрин тэрийээччилэринэн Намнааҕы кииннэммит библиотекалар ситимнэрэ, «Отуу уота» литературнай түмсүү буоллулар. Күрэх дойдуга Учуутал уонна Уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Нам улууһугар Биир санааланыы уонна Сомоҕолоһуу сылларыгар  ананна. Уопсайа 30 сайаапка киирбититтэн ардахтаах күн-дьыл туран, түһүлгэҕэ 19 кыттааччы күөн көрүстэ.

Дьүүллүүр сүбэҕэ хоһоонньуттары «Отуу уота» литературнай түмсүү тумус туттар дьоно, Саха Республикатын суруйааччыларын Сойууһун чилиэннэрэ Алексей Михайлович Татаринов-Удьурҕай, Мария Петровна Мохначевская – Марта-Мария уонна Бөтүҥ модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ Валентина Спиридоновна Колесова сыаналаатылар.

 

I түһүмэххэ хас биирдии кыттааччы ох курдук оҥостон кэлэн, учууталга, үлэҕэ, үлэһит киһиэхэ, сомоҕолоһууга, түмсүүлээх буолууга анаммыт хоһооннорун доргуччу ааҕан иһитиннэрдилэр. «Тута хоһуйуу» диэн II түһүмэххэ кыттааччылар  «салама» диэн тылы туһанан тута хоһоон айарга холоннулар.

Күрэс кыайыылаахтарынан ааттаннылар:

Эдэр ыччат:

1 миэстэ — Аида Егорова (Көбөкөн)

2 миэстэ-Сардаана Харитонова (Түбэ)

3 миэстэ — Зарина Яковлева (Бөтүҥ)

Анал аат:

«ХоҺоон хонуутугар сүрэхтэнии» — Елизавета Попова (Бөтүҥ)

«Кэскиллээх хоһоонньут» — Айыына Васильева (Хамаҕатта)

 

Улахан дьон:

1 миэстэ — Оксана Васильева -Алгыстаана (Нам)

2 миэстэ — Мария Петрова (Нам)

3 миэстэ — Татьяна Куличкина (Хатырык)

 

Анал аат:

«Тыл хоһууна» — Елена Ефремова (Хатырык)

 «Ийэ тыл сүмэтин наардааччы» — Светлана Беляева (Нам)

«Алгыстаах уран тыллаах айааччы» — Татьяна Местникова (Хатырык)

«Уран тыл соргулаах сонордьута» — Дмитрий Ноговицын (Хатыҥ-Арыы)

 

Дьүүллүүр сүбэ күрэххэ дьон-сэргэ көхтөөхтүк кыттыбытын, саҥа айар-суруйар баҕалаах, талааннаах ыччат тахсан иһэрин бэлиэтээтэ.

Тэрийээччилэр ааттарыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит улууспут Аҕа баһылыгар Слепцов Юрий Иннокентьевичка. Кини улууспут культурата сайдыытыгар, дьон-сэргэ духуобунай өйө-санаата бөҕө буоларыгар улахан болҕомтотун уурар, олохтоох ааптардары мэлдьи өйүүр, көмөлөһөр. Күрэххэ Юрий Иннокентьевич аҕата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, педагог-уһуйааччы, үлэ бэтэрээнэ, Хатыҥ-Арыы бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Иннокентьевич Слепцов аатынан бириэмийэ олохтоото.

Махтанабыт күрэх түһүлгэтин киэргэппит, ырыа-тойук бэлэхтээбит  Семен Оконешников аатынан Бөтүҥ нэһилиэгин «Айылгы» культурнай киинин үлэһиттэригэр (директор Ирина Винокурова).

Улууспут айар талааннаах дьонугар айымньылаах, таһаарыылаах үлэни, саҥаттан саҥа айымньылары, хомоҕой хоһооннору суруйа-бичийэ сылдьаргытыгар баҕарабыт.

Р.Гоголева

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять