09.12.2024

Нам библиотекатыгар сахалыы дьыктааны 47 киһи суруйда

Олунньу 13 күнүгэр, төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн көрсө сылын аайы ыытыллар «Саха дьыктаан” акция Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатыгар  ыытылынна. Быйыл акция үбүлүөйдээх X-c төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ тэриллэр. Библиотека үлэһиттэрэ ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, минньигэс саламаатынан, быырпаҕынан айах тутан көрүстүлэр. Акция кыттыылаахтара сүргэлэрэ көтөҕүллэн библиотека ааҕар саалатын толору муһуннулар, бары сахалыы таҥастаах кэлбиттэрэ тэрээһини киэргэттэ. Манна биэнсийэлээхтэр, үөрэх, култуура, доруобуйа харыстабылын уонна урбаан эйгэтиттэн барыта 47 киһи кытынна. Акцияҕа аҕа саастаах дьоммут Никольскайтан 82 саастаах Егор Романович Леонтьев уонна Хамаҕаттаттан 75 саастаах Прокопий Николаевич Сивцев кыттыыны ыллылар.Кыттааччылары П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин үлэһитэ Владимир Сыромятников алгыс тылынан эҕэрдэлээтэ уонна  Нам улууһун депутата, общественник, «Төрүт тыл» түмсүү чилиэнэ Кира Аммосова төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ.

Сахалыы дьыктааны И.С.Гаврильев аатынан Нам 1№-дээх орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала,  сахалыы дьыктаан тиэкиһин солбуллубат ааҕааччыта Люция Григорьевна Замятина суруйтарда. Дьыктаан түмүгүнэн «Үчүгэй суруксут”, “Бастыҥ суруксут” диэн анал ааттар туттарыллыахтара.

Саха дьыктаан акция сыала-соруга саха тылын суолтатын үрдэтии, төрөөбүт тылынан сөпкө саҥарар-суруйар таһымы үрдэтии, сатабылын иҥэрии буолар. Акцияҕа көхтөөхтүк кэлэн кыттыбыт дьоммутугар махталбытын биллэрэбит, өрүүтүн даҕаны саха тылын үрдүктүк тутан, дойдубут туһугар кэскиллээҕи айа-тута сылдьыаҕын!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять