09.11.2024

Саха тыла — өркөн өй

Олунньу ый 13 кунугэр — төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Н.М. Рыкунов аатынан киин модельнай библиотека уонна Нам улууһун үөрэҕин салаатын көҕүлээһиннэринэн «Саха тыла-өркөн өйбүт» диэн улахан кылаас оҕолоругар улуустааҕы күөн-күрэс ыытылынна.

         Күрэххэ 5 оҕоттон састааптаах 5 хамаанда кытынна: ол курдук И.С. Гаврильев аатынан 1 №-дээх орто (салайааччылар Говорова М.Н., Данилова Л.Д.), 2 № — дээх орто, 3 № -дээх  (салайааччы Бугаева А.В.), Хамаҕатта орто оскуолалара (салайааччы Дьяконова И.Н.),  В.П. Артаманов аатынан Хамаҕатта саха французскай лиссиэйэ (салайааччы Шелковникова А.Н.) бэйэлэрин билиилэрин тургутан 7 түһүмэхтэн турар күөн-күрэскэ эриэ-дэхси кииристилэр. Күрэхпит түмүгүнэн бастакы үрдэли 2 № — дээх орто оскуола үөрэнээччилэрэ «Мичээр» хамаанда, 2-с үрдэли Хамаҕатта орто оскуола үөрэнээччилэрэ «Тииҥчээннэр» хамаанда, 3 үрдэли  Хамаҕатта саха французскай лиссиэйэ «Дьулуур» хамаанда ылары ситистилэр. Күрэх кыайыылаахтара көһө сылдьар кубогунан уонна добун суругунан наҕараадаланнылар.

Бу оонньуубутун үгэскэ киллэрэн, сылын аайы ыытыллар гына тэрийиэх  уонна эһиил көһө сылдьар кубокпытын өссө тургутуһан көрүөх буолан  тарҕастыбыт.

         «Саха тыла — өркөн өй» күрэхпитигэр  оҕолор олус сэргэхтик интэриэһиргээн кыттан сахабыт тылын эгэлгэтин билэн-көрөн тарҕастылар.

         Маннык үтүө, кэскиллээх тэрээһиннэр төрүт ийэ тылбытын харыстыырга, таптыырга, саҥарарга үөрэтэллэр

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять