22.12.2024

Новатор-поэттар Илья Чаҕылҕан, Иван Арбита доҕордоһуулара Мэҥэ-Хаҥалас уонна Нам улуустарын библиотекаларын биир ситимҥэ түмтэ

Алтынньы ый 15 күнүгэр Нам улууһун библиотекатын тиһигэ Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Майа сэлиэнньэтигэр И.М. Сосин аатынан улуустааҕы киин библиотекаҕа ыалдьыттаатыбыт. Сыалбытынан-сорукпутунан биир кэмҥэ төрөөн-алтыһан ааспыт новатор-поэттар Илья Чаҕылҕан, Иван Арбита доҕордоһуулара уонна суруйааччылар айымньыларын-нэһилиэстибэлэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии-иһитиннэрии буолар.

WhatsApp Image 2024-10-16 at 14.23.06
« из 22 »

Айаммыт үтүө-саарын дьоннорбут, улууспут историятын кэпсиир аналлаах  «Ыллыктаах айан» проект чэрчитинэн барда.

Этэҥҥэ суолбут аартыга аһыллан, айаннаан тиийэн коллегаларбыт олус сылаастык көрсүбүттэриттэн саҕаланан, библиотека устун экскурсиялаан, үлэбитин билсэн, төгүрүк остуолга кэпсэтэн ыллыбыт.

Кинигэни кытта биир ситимнээх дьон буолан, библиотекарьдар улууспут историятын, культуратын, биллиилээх дьоннорун туһунан кэпсиир кинигэлэри бэйэ-бэйэбитигэр бэлэх уунустубут.

Хара маҥнайгыттан директор Марианна Никонорова, ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа сэбиэдиссэйэ Аграфена Зыкова арыаллаан, онтон хас биирдии отдел библиотекара бэйэлэрин үлэлиир миэстэлэрин билиһиннэрдилэр.

Мантан салгыы Р.Г. Васильев аатынан Мэҥэ Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ, Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын киинигэр сөҕө-махтайа, астына көрдүбүт-иһиттибит.

Минньигэс астаах сандалы остуолга аһаан, эбиэт кэннэ тэрээһиммит иккис чааһа саҕаланна.

 

«Кэм тыына: Чаҕылҕан уонна Арбита» диэн төгүрүк остуолбутугар бэйиэт, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан 110 сылыгар уонна бэйиэт, тылбаасчыт Илья Егорович Слепцов-Арбита тустарынан киэҥ кэпсэтии таҕыста.

Бу күн холбоһуктаах тэрээһиммитигэр күндү ыалдьытынан буоллулар: Степан Степанович Марков, Арассыыйа суруналыыстарын, норуоттар икки ардыларынааҕы уонна СӨ суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, суруналыыс, “Мэҥэ аат” хаһаайына, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо. Манна бэлиэтээн аастахха Степан Марков ийэтэ Вера Егоровна Маркова Иван Арбита бииргэ төрөөбүт балтыта.

Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист, артыыс, режиссер Алексей Леонтьевич Попов уола,  кыраайы үөрэтээччи Борис Попов.

Степан Марков, Борис Попов дьоннорун ахтыыларыттан Иван Арбита туһунан кэпсээтилэр.

Онтон салгыы биир дойдулаахтарбыт, суруйааччылар Илья Чаҕылҕан уонна Иван Арбитаҕа аналлаах туох үйэтитии үлэтэ барбытын сиһилии кэпсээтилэр И.М.Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ кылаабынай библиограба. “Тапталым тыала сардаҥа буолан… ” электроннай кинигэ ааптара Надежда Сидорова, Табаҕа орто оскуолатын түмэлин үлэһитэ Прасковья Макарова.

Тэрээһиммитин Иван Арбита хоһооннорунан чиҥэтэн, киэркэтэн биэрдилэр «Добун Дорҕоон» эр дьон бөлөҕө.

Биһиги өртүбүтүттэн Намнааҕы история-этнографическай түмэл иһинэн үлэлиир И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан аатын сүгэр литературнай салаа сэбиэдиссэйэ, Илья Чаҕылҕан сиэн балта  Анна  Николаева,  Бөтүҥ нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Валентина Колесова,  Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Варвара Носкова, Н.М. Рыкунов аатынан киин модельнай бибилэтиэкэтин кыраайы үөрэтэр салаа кылаабынай библиотекара Раиса Дьяконова, оҕо модельнай библиотекатын библиотекарьдара Татьяна Михайлова  уонна Александра Парникова кыттыыны ылан, Чаҕылҕан Таллан Бүрэлиин доҕордоһууларын туһунан литература чааһынуонна суруйааччы айымньыларын сайт нөҥүө билиһиннэрдилэр.

Кэскиллээх, үтүөнү түстүүр тэрээһиммитигэр  Майатааҕы В.П.Ларионов аатынан оскуола 10 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар (кылаас салайааччыта Ольга Старостина).

Түмүкпүтүгэр оҕолорго анаан «Дойдум миэнэ-киэн туттуум» интеллектуальнай оонньууну ыыттыбыт, үөрэнээччилэр сэргээн көхтөөхтүк кыттан сүргэбитин көтөхтүлэр.

Дьэ, онтон «Чаҕылҕан” диэн ааттаммыт документальнай киинэни көрөн ыалдьыттарбыт сэргээбиттэрин биллэрдилэр, киинэни оҥорбут дьоммутугар П.Сивцев аатынан история-этнография түмэлин үлэһиттэригэр хайҕабыл эттилэр.

«Кэм тыына: Чаҕылҕан уонна Арбита»  диэн ааттаммыт тэрээһиммит  олус истиҥник ааспытыттан дуоһуйуу икки өртүттэн кэллэ.

Биир идэлээхтэрбитигэр-коллегаларбытыгар И.М. Сосин аатынан киин библиотека директорыгар Марианна Никанороваҕа, ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа сэбиэдиссэйигэр Аграфена Зыковаҕа уонна библиотекарьдарга тус ааппытыттан махтал истиҥ тылларын биллэрэбит. 

Наталья Павлова

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять