13.11.2024

“Олох сиэдэрэй оһуора”

…маннык ааттаах олус сэргэх, сонун  тэрээһин алтынньы 17 күнүгэр Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатыгар буолан ааста. Аҕа саастаахтар декадаларын түмүктүүр, Саха сиригэр Ийэлэр күннэрин көрсө ыытыллыбыт тэрээһини библиотека көҕүлээһининэн Ленскэй нэһилиэк дьаһалтатын, “Мин биисинэһим” киин өйөбүллэринэн ыытылынна.

Истиҥ көрсүһүүгэ аҕа саастаах ытык дьоммут, нэһилиэк түөлбэлэрэ, общественнай түмсүүлэр, ырыа, үҥкүү коллективтара көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук, ылбаҕай ырыаларын  “Саҥа ааттар-2024” бырайыак  кыайыылааҕа Сардана Кривошапкина,  “Ил Куо” ырыа ансаамбыла (салайааччы Ирина Неустроева) бэлэхтээтилэр. Любовь Ильина имигэс үҥкүүтүнэн кэрэхсэннэ, “Ситим” үҥкүү коллективын (салайааччы Кэрэмэс Саргы Сатабыл Кыыһа) көрдөрүүтүгэр «Мотивы Севера” коллекция дьон болҕомтотун тарта. Коллекция автора “Үһүс көлүөнэ” оскуола иис куруһуогун салайааччыта Людмила Ивановна Попова буолар.

Истиҥ, сылаас кэпсэтии “Дьүөгэлэр” кинигэ тула буолла. Көрсүһүүгэ кэлбит 80 саас хаарын үктээбит, ол эрэн олоххо көхтөөх, холобур буолар Ытык дьоммут Абрамова Евдокия Тимофеевна, Анисимова Розалия Егоровна,  Жиркова Анна Саввична, Лукинова Февралина Константиновна,  Павлова Вера Гаврильевна,  Собакина (Обутова) Мария Даниловна үөрэ-көтө, сэгэлдьиһэ хаамсыһан, сааһырдыбыт диэн олорбокко, тиэргэн иһигэр хаайтарбакка бэйэ-бэйэлэриттэн күүс буолан, тирэх буолан, кэпсээннэрэ-сэһэннэрэ, ырыалара-тойуктара элбэх буолла.

Дьүөгэлиилэр кинигэлэрин бэйэлэрин күүстэринэн таһаарбыттар, хас биирдии дьүөгэ харчы уганнар бэйэлэригэр, оҕолорго, сиэннэргэ бэлэх оҥорбуттар. Хаартыскалаан киэргэтэн, байытан биэрбиттэр. «ДОЛУН» кинигэ кыһатыгар 12 ахсаанынан тахсыбыт. Ахтыыларын хомуйуунан, сүүрэн-көтөн Розалия Егоровна түмүгүн көрдөрбүт. Манна бэлиэтээн эттэххэ оҕо саас бэлэхтээбит «Дьүөгэлэр» түмсүү олох ыраатта тэриллибит, бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсан түмсүүлэрэ хаҥаан испит,  онтон күн бүгүн төһө да саас ыллар, дьүөгэлэр бииргэ буолалларын олус сөбүлүүллэрин, ыллыылларын, айанныылларын эттилэр. Дьүөгэлэр олох араас көрүүлэриттэн туора турбаттар, ол курдук бэйэлэрин кылааттарын дойду үрдүнэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга, байыастарга көмө оҥордулар.

Ити курдук аҕам дьоммутугар кырдьар сааһы билиммэккэ, дьаҥы-дьаһаҕы киэр үүрэ ыллыы-туойа сэргэхтик   уһун кэмҥэ олороллоругар баҕаран туран икки өртүттэн махтал истиҥ тылларынан тарҕастыбыт.

Бу күн «Кэрэ Сэбэрэ” диэн сонун бырайыак сүрэхтэннэ. Бырайыак кыттыылаахтарынан Нам сэлиэнньэтигэр олорор үлэ ветераннара, дьиэ кэргэн тапталлаах ийэлэрэ, эйэҕэс эбэлэрэ Евдокия Жапарова, Матрена Сивцева, Варвара Охлопкова уонна макияж, прическа өҥөтүн оҥорор кэрэ аҥардар Динара Авксентьева, Светлана Платонова, Диана Аммосова, биллэр-көстөр үлэлээх урбаанньыттар, “Эргимтэ” маҕаһыын салайааччыта Лидия Румянцева, “Светлана” маҕаһыын салайааччыта  Лидия Осипова, “Модис” маҕаһыын салайааччыта Ньургуйаана Александрова буоллулар.

Маны таһынан, тарбаҕар талааннаах иистэнньэн Александра Степанова таҥас кырадаһыннарынан аттаран тикпит сиэдэрэй таҥастарын уонна «Черное-белое” диэн коллекциятын “Иэйии” ветераннар түмсүү кыттыылаахтара таҥнан-симэнэн көрдөрөн  үтүө түгэннэри бэлэхтээтилэр. Библиотека Далбар Хотуттара бииргэ үлэлиир коллегаларын Кристина Попова оҕуруону тиһэн оҥорбут кэрэ оҥоһуктарын көрдөрөн дьон-сэргэ биһирэбилин ыллылар.

Биэчэр кэрэхсэбиллээх түгэннэрин фотограф Мария Гаврильева хаартыскаҕа түһэрдэ. Тэрээһини ыытыыга, тэрийиигэ көмөлөспүт, өйөөбүт дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит, салгыы улууспут, нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр сырдыгы саҕар бырайыактары толкуйдаан бииргэ үлэлиэхпит диэн эрэнэбит.

«Кэрэ Сэбэрэ” бырайыак кыттыылаахтарын санаалара:

Динара Авксентьева:

“Наһаа үчүгэй тэрээһин ааста. Киһи манныкка сайдар, бэйэтин көрдөрөр уонна атыттары көрөн сайдаҕын. Махтал ыҥырбыккытыгар. Бырайыакка кыттыбыт моделларбыт бары наһаа кырасыабайдар»

Ньургуйаана Александрова:

“От имени коллектива магазина Одежды и Обуви «Модис» хотим сердечно поблагодарить организаторов за возможность стать частью такого прекрасного проекта «Кэрэ Сэбэрэ» и участниц за то, что так искренне, активно и открыто приняли участие, представив образы из наших новых коллекций! Желаем, чтобы такие мероприятия проводились чаще”

Светлана Платонова:

“Маннык тэрээҺин ыытыллара наҺаа үчүгэй, киһи дьону кытта билсэр- көрсөр, санаа атастаһар, саҥа идея киирэр, дьону дьоллуур эмиэ дьол. Махтанабыт ыҥырыыгыт иһин”

Диана Аммосова:

“Олус үчүгэй, сэргэх тэрээһин ааста. Дьон үөрэрин көрөртөн ордук туох да суох. Тэрийээччилэргэ улахан махтал!”

Лидия Румянцева:

“Искренне благодарна организаторам такого прекрасного,теплого,красивого проекта. Пусть наши девушки надолго вспоминают и радуются преображению. Рада была участвовать в проекте  «Кэрэ Сэбэрэ»”

Евдокия Жапарова:

“Бүгүн библиотекаҕа наһаа үчүгэй тэрээһин буолан ааста. Маннык бырааһынньыгы, үөрүүлээх күнү тэрийбит дьоҥҥо ис дууһабыттан махтаныам этэ. Долгуйа кыттан, астынным, дьоллоннум! Улахан махтал!”

Анна Сидорова, Нам селотун бэтэрээннэрин сэбиэтин председателэ:

“Бу тэрээһини тэрийэн, көҕүлээн ыыппыт библиотека салайааччытыгар Майя Романовнаҕа, үлэһиттэригэр Раиса Алексеевнаҕа, Наталья Васильевнаҕа уонна бары үлэлэспиттэргэ итии истиҥ махталбытын тиэрдэбит, наһаа үөрдүбүт, элбэҕи биллибит, өссө да инникитин элбэх тэрээһиннэр буола турдуннар диэн алгыспытын тиэрдэбит”

Р.Гоголева, Н.Павлова

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять