14.10.2024

НИКОЛЬСКАЙГА КЫЫС ОҔО КҮНҮН БЭЛИЭТЭЭТИЛЭР

Нам улууһун Никольскай нэһилиэгин алын, орто уонна улахан сүһүөх үөрэнээччилэрин кыргыттарыгар «Кыыс оҕо кэрэ сибэкки» диэн, кыыс оҕо күнүгэр анаан, доруобуйаларын чэбдигирдэллэригэр, билиилэрин-көрүүлэрин хаҥаталларыгар, туруктарын көрүнэллэригэр бэсиэдэлэр ыытылыннылар.


Ол курдук, араас боппуруостарга хоруйдар, ыйытыктарга эппиэттэр, «Между нами — девочками» кыыс оҕоҕо аналлаах киэҥ ис хоһоонноох кинигэ быыстапката, кыра бөлөх кыргыттарыгар  хартыыналарынан сөптөөх эппиэттэри булууга толкуйдатар дьарыктар, хамсаныылаах оонньуулар ыытылыннылар.

Орто уонна улахан кылаас кыргыттарын кытта төгүрүк остуолга олорон, бэрт интэриэһинэй сэһэргэһии буолла. РФ доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна Л.Е. Охлопкова «Чэгиэн-чэбдик буолуу» диэн тиэмэҕэ сиппит-хоппут оҕоҕо сөптөөх, олус туһалаах көрдөрүү, иһитиннэрии оҥордо. Түгэнинэн туһанан, биһиги ыҥырыыбытын ылынан кэлэн туһалаах бэсиэдэни оҥорбутугар махтанабыт. Маны барытын Никольскай нэһилиэгин дьахтар түмсүүтэ, олохтоох дьаһалта специалиһа Сардаана Винокурова уонна олохтоох библиотека үлэһитэ Василиса Ларионова иилээн-саҕалаан тэрийдилэр.

Сир симэҕэ сибэккилэрбитигэр бары үтүөнү баҕаран туран, сэмэй бэлэхтэрбитин туттардыбыт, эҕэрдэ эриэккэһин анаатыбыт. Элбэх оҕолоох ыал улахан кыыһа, Хамаҕатта орто оскуолатын ахсыс кылааһын үөрэнээччитэ Милена Ивановаҕа дьахтар түмсүүтэ бэйэтин анал бэлэҕин — сертификаты туттарда. Оҕолорбут бэйэлэрин санааларын этэн, аһаҕастык кэпсэтэн, үгүс туһалааҕы иҥэринэн, инникитин да түмсүүлээхтик бииргэ үлэлэһэн, араас тиэмэлээх дьарыктарга көрсүөхпүт, бөлөх тэринэн үлэлиэхпит диэн үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять