11.11.2024

Платон Алексеевич Ойуунускай 130 сааһыгар аналлаах «Аата ааттанар,ырыата ылланар» литературнай биэчэр

Сэтинньи 29 күнүгэр С.П.Оконешников аатынан «Айылгы» КК саха советскай литературатын төрүттээччи, биллиилээх общественнай политическай деятель Платон Алексеевич Ойуунускай 130 сааһыгар аналлаах «Аата ааттанар,ырыата ылланар» литературнай биэчэр буолан ааста. Бу күн суруйааччы өлбөт -сүппэт айымньыларын: «Ийэм
Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар» Мария Уваровская, «Син биир буолбаат» Егор Софронов, «Крым» Александра Соловьева, «Былыт»Мариянна Данилова, «Бырастыы»Семен Стручков, «Көҥүл ырыата» 5 кылаас уолаттара «Хотойук» куруһуок Данилов Арылхан, Лобанов Рустам, Еремеев Арчын, Сивцев Максим (сал.Протопопова Т.Р) иэйиилээхтик аахтылар. Былатыан Ойуунускай «Өйдөөх оҕо», «Үчүгэй үллэһик» айымньыларын оонньоон көрдөрдүлэр «Мааска» куруһуок оҕолоро: Радмир Попов, Ярослав Эверстов (сал. Протопопова Т.Р) уонна драмкуруһуок (сал.Данилова М.М.) кыттааччылара Александра
Соловьева, Михаил Кугданов, Аина Васильева, Семен Стручков, Ярослав Эверстов. Эҕэрдэ үҥкүүнэн киэргэттилэр ыччат үҥкүү коллектива (сал.Захарова М.Г.).
Биэчэри ыытта олохтоох модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Валентина Колесова.
Бу күн «Мин тылым
— мин тохтор тойугум» кинигэ быыстапката, суруйааччы олоҕун кэпсиир презентация көрдөрүлүннэ.
Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай аата өссө да үйэлэргэ ааттана, айымньылара ааҕылла туруохтара диэн эрэнэбит.

Е.С.Сивцев — Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын МЕДИА-КЛАСС корреспонденнара Алиана Лобанова, Вика Сивцева.

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять