14.10.2024

Салбаҥ учуутала — «Кыайыы дьыктаанын» кыайыылааҕа

Арассыыйа үрдүнэн 2019 сылтан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр аналлаах «Кыайыы дьыктаана» диэн акция ыытыллар буолбута. 2023 сыллааҕы «Кыайыы дьыктаана» муус устар 27 күнүгэр Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыта. Манна Салбаҥ нэһилиэгин олохтоохторо, оскуола үөрэнээччилэрэ, үлэһиттэрэ 24 киһи оскуолаҕа кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыттара, Аҕа дойду сэриитин туһунан билиилэрин бэрэбиэркэлэммиттэрэ. Дьыктааны история учуутала Голикова З.А., олохтоох библиотека үлэһитэ Касьянова Л.П. тэрийэн ыыппыттара.

Бу дьыктааҥҥа оҕо эрдэҕиттэн аҕатынаан историяҕа сыһыаннаах киинэлэри көрбүт уонна энциклопедиялары аахпыт Салбаҥ орто оскуолатын английскай тылын учуутала Дмитрий Местников өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн соҕотох кыайыылааҕынан ааттанна. Нам улууһуттан аан бастакытын билиини тургутар улахан тэрээһиҥҥэ биир дойдулаахпыт чаҕылхай кыайыыны ситистэ!


Дмитрий Егоровиһы кыайыытынан эҕэрдэлиибит, өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.

Намнааҕы кииннэммит библиотекалар ситимнэрин коллектива

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять