09.12.2024

Төрүччүнү үөрэтиигэ анаммыт семинар

Муус устар 14 күнүгэр Н.М.Рыкунов аатынан улуустааҕы библиотекаҕа нэһилиэк библиотекардарыгар аналлаах Төрүччүнү үөрэтиигэ семинар ыытылынна. Семинарга Дьокуускай куораттан
Хотугу омуктар төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр научнай институт дириэктэрэ Аргунов Константин Ильич, Национальнай библиотека методическай киинин специалиһа Эртюкова Лилия Михайловна, И.Е.Винокуров аатынан краеведческай музей директора Христофоров Афанасий Христофорович кыттыыны ыллылар. Константин Ильич республикаҕа төрүччүнү үөрэтиигэ ханнык үлэ ыытылларын, инники былааннары билиһиннэрдэ. Хаҥалас, Горнай улуустарын библиотекаларыгар былааннаах, биир ситимнээх үлэ ыытылларын сырдатта. Хас биирдии улууска, нэһилиэккэ библиотекалар төрүччүнү үөрэтии, оҥоруу кииннэринэн буолуохтаахтар, библиотекардар бу хайысхаҕа краевед, научнай үлэһит быһыытынан үлэлиэхтээхтэр диэн бэлиэтээтэ.

Библиотека үлэһиттэрэ “Древо 5” программа ис хоһоонун, тутулун үөрэттилэр. Дьиэ кэргэн төрүччүтүн электроннай архыыбын оҥорууга сүбэ-ама ыллылар. Онон Төрүччү институтун кытта ыкса сибээстээх киэҥ кэскиллээх үлэ ыытылларыгар олук уурулунна.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять