14.10.2024

Түбэ библиотекатын сонуннара

Ийэ кунугэр аналлаах Түбэ орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр хоһоон айыытын күрэҕэ буолла. Манна барыта 8 оҕо кытынна, ийэлэрин туьунан олус истинник хоьоонно хоьуйбуттар, ол тумугунэн «Ийэбэр ис сурэхтэн…» хомуурунньук бэчээттэнэн та5ыста уонна ийэлэригэр ейдебунньук бэлэх быьыытынан туттарылынна. Дьууллуур субэ нуучча тылын уонна литературатын учуутала Егорова Л.Н, оскуола социальнай педагога Дьяконова В.И. уонна нэьилиэк библиотекаря Иванова Ю.А. хоьооннору керен, наардаан тумук таьаардылар.

Тумуккэ алын кылаастарга 3 миэстэни Григорьев Талбан (3 кыл.), 2 миэстэни Иванов Мирослав (3 кыл.), 1 миэстэни Лукина Анжелика (4 кыл.) ыллылар, поощрительный приз Федорова Сайыына (3кыл.).

Орто уонна улахан суьуехтэргэ 3 миэстэни Дьяконов Ганя (5 кыл.), 2 миэстэни Новикова Лилиана (5кыл.), 1 миэстэни Попова Ганна (10 кыл.) ыллылар, биһирэбил бириис — Федорова Лиза (6 кыл.).

О5олор айар дьо5урдара сайда турдун, ситиьиилэри ба5арабыт!

 

Алтынньы ый 22-29 куннэригэр Улуу Ленин теруттээбит Комсомол 100 сылыгар аналлаах декада буолан ааста. Бастакы кун нэьилиэкпит а5ам саастаах комсомолларын  кытта оскуола о5олоругар аналлаах «Без прошлого — нет будущего» тегурук остуол ыытылынна, маны иилээн-са5алаан М.А.Сивцева уонна П.П.Попов ыыттылар.

Иккис кун араас көлүөнэ нэһилиэк олохтоохторо мунньустан 3 хамаанда5а арахсан, «Один за всех, все за одного» диэн интеллектуальнай оонньууга кытыннылар. Комсомол историятын билиилэрин тургутан көрүү буолла. Оонньуу 4 түһүмэхтээх ыытылынна.  Олус сэргэх курэх буолан ааста. Бу тэрээһини библиотекарь Ю.А.Иванова уонна «Айхал» СК методиһа А.П.Дьяконова салайан ыыттылар.

Үһүс кун зарница, эстафета буолла. Манна 3 түөлбэ курэхтэстэ. Суурэн-кетен, оонньоон сынньанныбыт.

Төрдүс күн «Оскуола-производство-урдук уерэх» комсомол путевкатынан Түбэ5э кэлэн улэлээбит комсомолецтары кытары сэргэх, истин-иьирэх «Ис сурэхтэн» диэн ааттаах керсуьуу буолан ааста. Бу киэһэ ыалдьыттар ол кэмнэ эргиллэн улэлээбит кэмнэрин ахтан-санаан аастылар, эҕэрдэ тылларын эттилэр.

Уонна бутэһик күҥҥэ «Равнение на комсомольцев!» Улуу Комсомол өрөгөйдөөх 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө факельнай хаамыыннан арыйыы буолла, ол кэннэ «Комсомольская юность моя» бырааһынньыктааҕы тэрилтэлэр холбоһуктаах эҕэрдэ концертара буолан ааста.

 

Алтынньы ый 31, сэтинньи 1 куннэригэр, каникул бириэмэтигэр, оҕолору сэргэхситэр, дьарыгырар сыалтан «На каникулы в библиотеку» диэн тэрээһин  буолла. Сыала-соруга: оонньуу нөҥүө о5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы, үөрэтии, аа5ыыга угуйуу буолар. Ол курдук, бастакы күммүт «Учимся играя» диэн темалаах, манна оҕолор хамаандаҕа арахсан тылдьыттан бэриллибит тыллар суолталарын буллулар, энциклопедиялартан араас информацияны була үөрэннилэр. Ол быыһыгар сынньана таарыйа хамсаныылаах оонньуулар, виртуальнай Книги про животных кинигэ быыстапкатын көрдүлэр, сэргээн иһиттилэр, остуоруйа персонажтарын көхтөөхтүк таайдылар. Оҕолор сүргэлэрэ көтөҕүллэн, каникулга ааҕар кинигэ уларсан тарҕастылар.

Иккис күммүт  «Кинигэ дойдутугар айан»  диэн ааттаах буолбута. Бу күн   «Сказочный предмет» оонньуу, мультик көрөн сэргэхсийдилэр, хамаандаҕа арахсан эргэ журналлартан ойуулары кырыйан, уруһуйдаан оҕолор бэйэлэрэ остуоруйа, комикс айдылар уонна  кэпсээтилэр. «Импровизация» диэн оонньууга эмиэ хамаанданан, кэпсээни библиотекарь ааҕар бириэмэтигэр оҕолор саҥата суох хамсанан ойуулаан көрдөрдүлэр, түмүгэр минньигэс приз ылан үөрэн-көтөн бардылар. Бу курдук икки кун сэргэхтик, бэһиэлэйдик биллибэккэ ааста, каникул кэмин оҕолор туһалаахтык атаардылар.

 

Юлия Иванова, Түбэ модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять