24.11.2024

Норуот суруйааччыта — норуотун түмтэ!

Муус устар 15 күнүгэр үгүс көлүөнэ  саха дьоно  сөбүлээн ааҕар чулуу суруйааччыта Софрон Петрович Данилов биир былаһааккаҕа республика олохтоохторун түмтэ.

Бу күн Горнай улууһун П. Д.Аввакумов аатынан Киин библиотека «Даньыылап дьыктаана» аахсыйаны республика олохтоохторугар тэрийэн ыытта.  Аахсыйа норуодунай суруйааччы, бөдөҥ общественнай деятель төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна. Бу күн, оруобуна биир болдьоммут чааска республика 24 улууһун уонна Дьокуускай куорат библиотекаларыгар уонна оскуолаларыгар дьыктаан суруйуута ыытылынна. Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин  улуустарыгар уонна нэһилиэктэригэр олорор, үлэлиир дьоммут, үөрэнэр ыччаттарбыт көхтөөхтүк кытыннылар.

Нам улууһугар библиотечнай ситим тэрийиитинэн оскуолаларга, библиотекаларга 11 былаһаакка тэриллэн уопсайа 166 киһи дьыктааҥҥа кыттыыны ыллылар. Дьыктаан кыттыылаахтара суруйааччы олоҕун, айар, общественнай үлэтин арыйар  25 боппуруостаах тургутууга хоруйдаатылар.  Билиилэрин чиҥэтэн,  умнубуттарын санаан, эбии чахчылары билэн тарҕастылар. Аахсыйа кыттыылаахтарыгар туоһу сурук, кыайыылаахтарга Мэнэ сурук туттарылынна. Ол курдук, Хатырыктан Петрова Екатерина Спартаковна, Бөтүҥтэн Уваровская Мария Даниловна, Модуттан Васильева Анна Мичилиевна, Түбэттэн Куприянова Ольга Семеновна, Соловьева Туйаара Алексеевна бастыҥнар ааттарын ыллылар.

Акция сыалын ситтэ! Бүтүн республика бар дьоно бүгүн Софрон Даниловы үтүө тылларынан ахтан-санаан аастылар.  Өрүүтүн даҕаны саха чулуу дьонун үйэтитэр  тэрээһиннэр ыытылла турдуннар! Норуот таптала үйэттэн үйэҕэ сөҕүрүйбэккэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕана туруохтун!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять