Сэтинньи ый 16 күнүгэр Н.Рыкунов киин модельнай библиотекатыгар Саха норуотун аар-саарга аатырдыбыт, саха сиригэр Автономнай Республиканы тэрийсибит, уоттаах-төлөннөөх поэт, илбистээх тыллаах прозаик, драматург, саха биир бастакы учуонайа, саха наукатын төрүттээбит, саха саҥалаах киэн туттар бөдөҥ общественнай-политическай деятелэ П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар “Кэм кэрэһитэ Ойуунускай убайбыт” диэн литературнай биэчэр буолан ааста.
Биэчэр аһыллыытын И.С.Гаврильев аатынан бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Былатыан Ойуунускай “Муора”, “Крыым” диэн хоһооннорун ааҕан астылар, салайааччы Лена Константиновна Маркова.
Быйыл Тааттаҕа Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын көрсө улахан тэрээһин ыытыллыбытыгар «Отуу уота» литературнай түмсүүнү кытта биһиги библиотека үлэһиттэрэ баран, суруйааччы истиҥ доҕоругар Максим Аммосовка анаабыт “Син биир буолбаат??!” хоһоону ааҕан бириистээх миэстэҕэ тиксэн үөрэн-көтөн кэлбиппитин уонна ыытыллыбыт тэрээһин туһунан Н.Рыкунов аатынан киин модельнай библиотека ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел сэбиэдиссэйэ Наталья Васильевна Павлова кэпсээтэ. “Отуу уота” литературнай түмсүү хоһоону аахтылар.
Быйыл библиотекабытыгар суруйааччы үбүлүөйдээх сылынан Нам улууһун айар, суруйар дьонун, оскуола оҕолорун айымньылара түмүллэн «Ойуунускай үтүө аатыгар сүгүрүйэн» диэн хомуурунньук бэчээттэнэн таҕыста. Хомуурунньугу улуустааҕы библиотека кылаабынай библиограба Анастасия Степановна Колпашникова хомуйан оҥордо Бу хомуурунньук Максим Аммосов доҕоругар Былатыан Ойуунускай сүдү аатыгар махталбыт бэлиэтэ буолар диэн туран хомуурунньугу кэлбит ыалдьыттарга сиһилии билиһиннэрдибит. И.С.Гаврильев аатынан бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Эрсан Аргунов “Намҥа П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 70 сылын бэлиэтээһинэ ” диэн сүрдээх интириэһинэй иһитиннэриини оҥордо, салайааччы Яна Егоровна Корякина. Алла Иннокентьевна, Петр Петрович Максимовтар дьиэ кэргэнинэн Ойуунускай «Үчүгэй түҥэтик» кэпсээнин ааҕан ыалдьыттар биһирэбиллэрин ыллылар. «Таатта үрэх үрдүгэр» диэн ырыаны толордо Оһуохай түмсүү салайааччыта Татьяна Ивановна Евсеева. Суруйааччы «100 сыллаах улуу былаан” (оҥоһуллан эрэр олоҥхо) кэнниттэн XXI үйэҕэ көрүүлэрин туһунан Толоруулаах Доропуун оруолун биһиги ааҕааччыбыт Николай Степанович Софронов оонньоон көрдөрдө. Биэчэрбит түмүгэр Былатыан Ойуунускай олоҕун айар үлэтин туһунан викторинаны Татьяна Васильевна Михайлова ыытта уонна «Былааһы-сэбиэккэ!» ырыатын кэлбит ыалдьыттар бары күргүөмүнэн ыллаатылар. Ити курдук улуу суруйааччыбытыгар аналлаах литературнай биэчэрбит олус сэргэхтик буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ кэнчээри ыччаппыт кэлэн кыттыыны ылбыттара киһини үөрдэр. Ити аата биһиги улуу Ойуунускайбыт аата умнуллубакка үйэттэн үйэҕэ тиийиэ турдаҕа.