Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн, Россияҕа дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо, Нам улууһугар оҕо спордун сылыгар анаан Модут нэһилиэгиттэн төрүттээх CP культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СР бэчээтин туйгуна, Россия суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, Эдуард Володин аатынан имперскэй култуура уонна Россия улахан литературнай бириэмийэтин 2-с ист. лауреата, суруйааччы, тылбаасчыт, суруналыыс Мария Егоровна Алексеева үтүө аатын үйэтитэр, ону кытта төрөөбүт тылы үөрэтэр сыаллаах «Дьиэ кэргэн олимпиадата» ыытылынна.
Олимпиада тылбаас хайысхатынан тэриллэннэ. Тэрээһиҥҥэ Модут орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ ийэлэрин, аҕаларын, эбэлэрин, эһэлэрин кытта кыттыыны ыллылар. Үс түһүмэхтэн турар күрэххэ оҕолор нууччалыыттан сахалыы, сахалыыттан нууччалыы тыллары тылбаастаатылар, төрөппүттэр истэн суруйуу түһүмэҕэр кытыннылар, дьиэ кэргэн Аҕа саастаахтара эрдэ бэриллибит сорудаҕы толорон, ол эбэтэр остуоруйалары нууччалыыттан сахалыы тылбаастаан дорҕоонноохтук аахтылар.
Күрэхпит түмүгэ төрөөбүт тыл сүмэтин, эриэккэһин, кэрэтин иҥэрии, ийэ тылынан киэн туттуу, Мария Егоровна үлэлэрин үйэтитии буолла.
Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, тылбаасчыт Альбина Андриановна Борисова, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, тылбаасчыт, суруйааччы Нина Егоровна Дьячковская, Мария Егоровна бииргэ үөрэммит доҕоро Семен Иванович Попов, Модут орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала, РФ уопсай үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Владимир Иванович Гуляев, Модут нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэтин салайааччыта Варвара Дмитриевна Дьяконова үлэлээтилэр. Кыттааччылар тылбаастыыр, суруйар, ааҕар дьоҕурдарын сыаналаатылар.
Сэргэх, саҥа тэрээһин кыттыылаахтара кылаастарынан бөлөххө арахсан кытыннылар. Кыайыылаахтар 1,2,3 истиэпэннээх добун суруктарынан, бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар. Ол курдук кыра сүһүөххэ кыайыылаҕынан таҕыстылар 1 кылаас үөрэнээччитэ Сайаана Дьяконова ийэтинээн Мария Альбертовналыын уонна эбэтинээн Анна Семеновналыын, орто бөлөххө 5 кылаас үөрэнээччитэ Аделия Баданина ийэтинээн Любовь Андреевналыын уонна саҥаһынаан Екатерина Егоровналыын, улахан бөлөххө 9 кылаас үөрэнээччитэ Артур Сыроватскай аҕатынаан Василий Васильевичтыын уонна эбэтинээн Анфиса Степановналыын буоллулар.
Тэрээһин түмүгэр Мария Егоровна бииргэ төрөөбүт балтылара, бииргэ үөрэммит доҕотторо-атастара, коллегалара кэскиллээх, интэриэһинэй хайысхалаах үлэ саҕаламмытын бэлиэтээн махтал тылларын эттилэр. Мария Егоровна олорон ааспыт олоҕун, үлэтин туоһулуур, кини аата улууспутугар, республикабытыгар, дьоммут-сэргэбит өйүгэр-санаатыгар хааларыгар бэрт үлэлэр бара туралларын үрдүктүк сыаналаатылар