25.12.2024

«Нам улууһун II Хомустаах нэһилиэгэ» саҥа кинигэ сүрэхтэннэ

Кулун тутар 2 күнүгэр II Хомустаах «Сэргэлээх» култуура киинигэр бэлиэ тэрээһин буолла. «Нам улууһун II Хомустаах нэһилиэгэ» диэн краеведческай, историческай, библиографическай кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Бу улахан, дьоһун суолталаах кинигэҕэ 2 Хомустаах нэһилиэгин XVII  үйэттэн саҕалаан, билиҥҥи кэмҥэ диэри сайдан кэлбит историята, үлэһит дьоно сырдатылынна.  Манна архив матырыйааллара,  биэрэпис сибидиэнньэтэ, топонимикаҕа үлэ, статистика сыыппарата киэҥник туттулунна. Өбүгэлэрбит төрүччүлэрэ  ыалларынан наарданан, олохтоохтор дьиэ кэргэнинэн түмүллэн, төрөөбүт дойдуларыттан тэйбэккэ олохсуйбут оҕолоро уонна атын сиргэ тиийэн үлэлээн ситиһиилэммит сыдьааннара хабыллан сурулунна. Нэһилиэктэн үүммүт салайааччылар, биллибит биир дойдулаахтарбыт, кэлэн олохсуйбут, үлэлээн ааспыт дьон үтүө ааттара үйэтитилиннэ. Тэрилтэлэр үлэлэрэ, ситиһиилэрэ тиһилиннэ.

Кинигэ  468 сирэйдээх, барыта 300 ахсаанынан норуот үбүнэн бэчээтэннэ. Бу киэҥ ис хоһоонноох кинигэ Нам улууһун  уонна 2 Хомустаах нэһилиэгин Ытык киһитэ Мария Николаевна Габышева этии киллэриитинэн таҥыллан оҥоһулунна. Матырыйаалы  хомуйууга үлэлээтилэр: Габышева М.Н, Гоголева М.А., Сивцева Н.И., Сивцева У.Д.  Редакциялааһыҥҥа  үлэлээтилэр: Габышева Е.Н., Белоусов Г.Е., Олесов К.А. Кинигэни таҥан оҥорууга Хатыҥ-Арыы нэһилиэгиттэн төрүттээх, уопуттаах кинигэ таһаарааччы Эдуард Пономарев үлэлээтэ.

Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон «II  Хомустаах мин дойдум» диэн нэһилиэк историятын, билиҥҥи кэмин, талааннаах айар дьонун сырдатар кинигэ быыстапкатын сэҥээрэн көрдүлэр.

Кинигэ сүрэхтэниитин үөрүүлээхтик арыйыы  биир дойдулаахтарбыт Гаврил Слепцов -Дьиэрэнкэй матыыбыгар, Реворий Тарскай тылыгар «Хомустааҕы таптааҥ» диэн  ырыанан «Ньургуйаана» вокальнай ансаамбыл толоруутунан саҕаланна.  2 Хомустаах баһылыгын солбуйааччы Сергей  Саввич Никонов, Нам улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын салайааччыта Семен Прокопьевич Ядрихинскай эҕэрдэ тылларын тиэртилэр.

Кинигэҕэ үлэлэспит ааптардарбыт  дьоро күммүтугэр  күндү ыалдьыттарынан буоллулар: Габышева Мария Николаевна, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун, Ленскэй уонна 2-с Хомустаах нэһилиэктэрин Ытык киһитэ; Гоголева Мария Алексеевна РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Нам улууһун, 2-с Хомустаах нэһилиэк Ытык киһитэ; Белоусов Георгий Ефимович, Саха көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа телевидениетын ыытааччыта, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, телевидение уонна радио туйгуна; Олесов Касьян Афанасьевич, Россия суруналыыстарын сойууһун  чилиэнэ, “Энсиэли” хаһыат корреспондена; Сивцева Надежда Ивановна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, нэһилиэк музейын директора, нэһилиэк ветераннарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.

Урбаанньыт, редактор  Эдуард Тимофеевич Пономаревка «Хомустаах 2-с нэһилиэгэ  сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ, Гоголева Мария Алексеевнаҕа «Почетный ветеран Республики Саха(Якутия)” бэлиэ туттарылынна.  Бу үөрүүлээх күҥҥэ  нэһилиэкпит саамай Ытык киһитэ, тыыл, үлэ ветерана Жирков Афанасий Дмитриевич  90 сааһын томточчу туолбутунан Россия Президенэ В.В.Путинтан эҕэрдэ суругу, Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Сергеевичтэн эҕэрдэ суругу уонна Нам улууһун “Ытык саас” бэлиэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылынна.

Кинигэ сурэхтэниитин  биир дойдулаахпыт «Саха” НКИХ ыытааччыта Георгий Белоусов  ис сүрэхтэн иһирэхтик ыытан, дьон-сэргэ сүргэтин көтөхтө, таһымын үрдэттэ.  Дьоро киэһэҕэ олус истиҥ кэпсэтии, элбэх эҕэрдэ тыл этилиннэ, ырыа-тойук, үҥкүү доҕуһуоллаах ааста.

Елена Слепцова, 2Хомустаах библиотекатын сэбиэдиссэйэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять