06.12.2024

АЛГЫСТААХ ААТТАР … 

Сурунаалы илиибэр тутан олорон, аан бастаан сурунаал аатыгар хараҕым, өйүм-санаам хатанар, онтон дуоhуйууну, көтөҕүллүүнү ылынабын. Онтон сыыйа лиистэн лииhи аhан ааҕан, умсугуйан сөҕөнн-махтайан бараҕын…

Бу «Алгыстаах ааттар» сурунаалы биhиги Нам улууhа биир киэҥ туттар ыччата, Саха телевидениетыгар туспа суоллаах-иистээх,  буочардаах, «Харах дала» ток-шоу, «Ис сурэхтэн…» биэрии, «өркөн өй»  билиини тургутар оонньуу ыытааччыта Георгий Белоусов редактордаан таhаарар.

Аатын курдук сурунаал ытык-мааны,  алгыстаах олохторун бэйэлэрин улэлэринэн киэргэппит, дуоhуйбут, ситиспит  дьону кэпсиир.  Ол курдук САХА СААРЫНА туhумэххэ Александр Данилов: Оhуокай – омугу сомоҕолуур сүдү күүс; КЭРЭ КУО түhүмэххэ Алена Алексеева «дьол кыhата» туохханый диэн ырытыhар, «Саха» национальнай көрдөрөр-иhитиннэрэр хампаанньа генеральнай дириэктэрэ, билигин Киин быыбардыыр хамыыhыйага үлэлиир Иван Андросов, Июлина Попова, Саха суруналлыыстыкатын Айыы Далбар Хотуна, оҕо аймах «Бэлэм буол» саҕаттан «Кэскилгэ» тиийэ сөбүлээн ааҕар хаhыатын үйэ аҥаарыттан уhун кэмҥэ салайбыт Бочуоттаах редактор Нина Иннокентьевна Протопопова  уонна да атыттар тустарынан бэрт сэргэхтик, интэриhинэйдик суруллубут.

«Алгыстаах ааттар» сурунаалы Н. М. Рыкунов аатынан киин библиотека ааҕар саалатыгар кэлэн ааҕан-билсэн барыаххытын сөп.

Мин саныахпар «Алгыстаах ааттар» сурунаал саха ыалын кинигэ ыскаабын долбууругар хайаан да баар буолуон курдук. Сурунаал киhини толкуйдатар «биhиги да маннык кыайыахпытын, оҥоруохпутун  сөп», атыннык эттэххэ олоххо дьулууру, кыаҕы биэрэр.

Наталья Павлова, ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа библиотекара

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять