10.11.2024

Марта-Мария саҥа кинигэлэрэ

Чаҕылхай, сиккиэр тыаллаах сааскы сайаҕас кулун тутар 23 күнүгэр ааҕар саалабытыгар бэрт үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Ол курдук бу күн библиотека иһэ дьон-аймах чаҕылыҥнас саҥатынан, истиҥ үтүө санаа сүүрээнинэн туолла.

Бу күн — поэзия алыптаах абылаҥар сүгүрүйэр айар дьоҕурдаах доҕотторун муста  улуустааҕы  » Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэнэ,  СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, элбэх хоһоон ааптара  Мария Петровна  Мохначевская – Марта –Мария. Марта-Мария үөрүүтүн үллэстэ, саҥа кинигэлэрин биһирэмниир «Айар ухханым – дьылҕам бэлэҕэ» диэн истиҥ-иһирэх тэрээһиҥҥэ чугас дьоно, аймахтара, дьүөгэлэрэ, биир кэрэ түгэҥҥэ сылдьар дьоно-сэргэтэ муһуннулар.

Тэрээһиммит кэпсэтии быһыытынан бэрт сэргэхтик барда. Марта-Мария бэйэтин туһунан ыалдьыттарга билиһиннэрдэ, соҕотох ийэҕэ улааппыт буолан оҕо эрдэхтэн боччумнаахтык улааппытын, үөрэххэ киирбитин, араас көрүдьүөс түгэннэриттэн уус-ураннык кэпсээн күлэн-үөрэн ыллыбыт.

  • Кылгастык Мария Петровна биографиятыттан кэпсиир буоллахха: Мария Петровна 1949 с. муус устар 18 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. 1971 сыллаахха иис үөрэҕин бүтэрэн Нам бытовой комбинатыгар ананан үлэтин саҕалаабыта. Эдэркээн кыыс үлэҕэ дьоҕурунан, дьулуурунан, сатабылынан иис кистэлэҥҥэрин баһылаан чараас солкоттон саҕалаан халыҥ тас таҥастары, түүлээҕи тигэр маастарга тиийэ үүммүтэ. Маны этэн эрдэхтэрэ, талааннаах киһи барытыгар талааннаах диэн. Онтон дьэ айар ыллыкка суолугар, хоһоон суруйуутунан утумнаахтык дьарыктанан 2016 сылтан хоһоонноро бэчээккэ тахсыбыттара. Куйаар ситиминэн, олохтоох «Эҥсиэли» хаһыакка бастакы хоһоонноро бэчээттэнэн дьон-сэргэ болҕомтотун ылбыттара. Марта-Мария олоххо баар суолу, түгэни адьас атын хараҕынан таба көрөн, күннээҕи олоххо киһи үгүстүк туттар тылларынан этэн, быһааран кэбиһэр ураты дьоҕурдаах. Ол да иһин буолуо, хоһоонноро кэрэхсэбили тардаллар, дьон-сэргэ судургутук ылынар. Бастакы “Олох умсулҕана” кинигэтэ 2016 сыллаахха тахсыбыта. Онтон ыла хоһоон айар умсулҕаныгар ылларан 14 кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта,ол иһигэр 5 кинигэҕэ тылбаастара бааллар. Марта-Мария араас таһымнаах куонкурстарга ситиһиилээхтик кыттар, дьон көрдөһүүтүнэн элбэх хоһоону айан, сакаасчыттары астыннарар. Хоһоон айар киһиэхэ хоһооно ырыа буолан ылланара бу бэйэтэ туспа улахан ситиһии буолар.

Онтон дьэ мустубут үөрүүбүт  суруйар, айар киһиэхэ киһиэхэ саамай долгутуулаах түгэн. Сааскы сайаҕас күн Марта-Мария  «Хатыҥ үйэтэ», «Инникигэ эрэниэххэ» диэн хоһоон хомуурунньуктара уонна “Война – это не судьба”, “Легой и его время” диэн тылбаас саҥа кинигэлэрэ сүрэхтэнэр күнэ үүннэ. Марта-Мария күннээҕи силигэ сиппэт сүпсүлгэн быыһыгар, олох тэтимнээх, кубулҕаттаах оҥочотугар олорсон, араас буолар түгэннэри сурэҕинэн ылынан, сэргээн, сөҕөн  иэйэн-куойан хоһуйан, санаатын сайаҕастык этэн хоһоон гынан суруйан, кинигэҕэ киллэртээн – бар дьонугар  дьоһун бэлэхтэри оҥордо.

Саҥа күн сирин көрбүт кинигэлэр библиографическай ырытыыларын оҥорон кэпсээтэ  Н.М.Рыкунов аатынан улуустааҕы киин библиотека кыраайы үөрэтэр салаа библиотекара Раиса  Дьяконова.

Марта-Мария айымньыларын ис хоһоонунан ырытан, чуолаан “Война – это не судьба”, “Легой и его время” тылбаастарыгар тохтоон ырытта Аграфена Афанасьевна Матвеева, Нам улууһун үөрэхтээһин киинин директора.

Дьокуускай куораттан олоҥхону толорооччу, тойуксут, оһуохайдьыт, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Черноградскай Семен Ильич кэлэн бэйэтин эҕэрдэтин тиэртэ, олус кэрэхсэбиллээх, интэриэһинэй кэпсээннээх киһи буолан ыалдьыттар болҕомтолорун тарта.

Ити курдук хас биирдии кэлбит ыалдьыт санаатын сайа этэн, баҕа санаатын, алгыс тылларын  Марта-Марияҕа анаатылар. Нам улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыы уус-уран салайааччыта Матрена Анатольевна Платонова алгыс санаатын кытта «За вклад в развитие МО “Намский улус РС(Я)” » туттаран кэрэ, чаҕылхай  түгэни үксэттэ.

Бу күн Марта-Мария хоһоонноро хото ааҕылыннылар, ырыалара ылланнылар. «Ньургуһун» народнай хорун уонна  «Дьүөгэлэр» народнай вокальнай ансаамбыл хормейстера Елена Александровна Кутукова., Марта-Мария «Улуукан Эҥсиэли хочото” хоһоонугар  матыып суруйан,  видеоклип оҥоһуллубутун көрдүбүт,  «Дьүөгэлэр» народнай вокальнай ансаамбыл солистката Екатерина Бочонина «Иистэнньэҥнэр», «Отуу уота” литературнай түмсүү чилиэнэ Зинаида Нератова-Тупсууна “Сайылыкка”ырыалары ыллаан иһитиннэрдилэр уонна биир долгутуулаах түгэнинэн буолла Сунтаар улууһуттан Кэмпэндээйи нэһилиэгиттэн куйаар ситиминэн бэйэтин эҕэрдэтин уонна «Чүмэчи” диэн ырыаны гитаранан доҕуһуоллаан ыллаан  ыытта Гаврил Пахомов. “Отуу уота” литературнай түмсүү чилиэннэрэ (салайааччы Прасковья Дмитриевна Байанаева) кэлэн өрүүтүн да истиҥ-сэргэх дьоннор Марта-Марияларын эҕэрдэлээн, ырыаларын , хоһооннорун да ааҕан, үҥкүүлээн да  ыллылар,  сүргэни көтөхтүлэр.

Ити курдук биир үтүө-мааны күн түмүктэннэ. Мария Петровна өссө да өр кэмҥэ айыылартан аргыстанан, иэйиигэр куустаран – хоһуйа, айа-тута, сөхтөрө тур диэн баҕа санаа бастыҥын этэбит!

Күндү ыалдьыттарбытыгар махтал-сылаас тылларын этэбит! Саас курдук сайаҕас буолуоҕуҥ, сааскы сытыы тыал курдук чэгиэн-чэдик туруктаныаҕыҥ, сааскы көмүөл халҕаһалыы устарын курдук дьоллоох түгэннэр элбии турдуннар!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять