22.11.2024

Никольскай нэһилиэгэр саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ

Ханнык баҕар норуот бэйэтин тылын, историятын, култууратын, сиэрин – туомун уонна төрөөбүт ийэ сирин – дойдутун үөрэтэн билэр буоллаҕына киэҥ билиилээх, инникигэ сайдыылаах буолар. Биһиги тыйыс айылҕалаах сахабыт сиригэр кыргыс үйэтиттэн саҕалаан киһини долгутар, уйадытар историяҕа киирбит улахан суолталаах чахчылар буолуталаан ааспыттара. Олортон Саха сиригэр Гражданскай сэрии биир улахан сабыытыйата Никольскайдааҕы кыргыһыы буолар.

Олунньу 28 күнүгэр Никольскай нэһилиэгэр “Намский улус в годы гражданской войны” кинигэ сүрэхтэниитэ уонна “Нам улууһугар гражданскай сэрии сыллара” — научнай-практическай конференция буолан ааста. Тэрийээччилэр Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотека, П.Сивцев аатынан история-этнография музейа уонна И.С.Шарапов аатынан Никольскайдааҕы сир музейа.  1918-1930 сылларга Нам улууһугар буолбут гражданскай сэриини кэпсиир кинигэни историческай наука кандидата Владимир Ильич Пестерев, кыраайы үөрэтээччилэр Иннокентий Захарович Кривошапкин, Тарас Прокопьевич Никонов хомуйан таһаардылар. Тэрээһиммитигэр күндү ыалдьыттарынан буоллулар Бүтүн Россиятааҕы история уонна культура памятниктарын харыстыыр общество Якутскайдааҕы региональнай общества председателэ Руслан Васильевич Васильев, Бүтүн Россиятааҕы история уонна культура памятниктарын харыстыыр общество, Якутскайдааҕы региональнай общества эппиэттээх сэкирэтээрэ Александр Васильевич Дьяконов, Бүтүн Россиятааҕы военнай-патриотическай региональнай общество председателэ Валерий Давыдович Чугунов, биир дойдулаахпыт, Нам улууһун түмсүүтүн салайааччыта Гаврил Гаврильевич Местников.

Саха сиригэр гражданскай сэриини кэпсиир олохтоох библиотекарь Колесова Екатерина Романовна тэрийбит “За советскую власть” кинигэ быыстапката уонна сир музейын үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн Никольскай нэһилиэгэр буолан ааспыт иэдээннээх кыргыһыы туоһулара экспонаттара – дьон-сэргэ болҕомтолорун тартылар.

Кинигэ сүрэхтэниитин Никольскай нэһилиэк кырачааннара, “Веснянка” детсад иитиллээччилэрин эҕэрдэлэринэн уонна муниципальнай тэриллии баһылыга Алексей Карлович Кривогорницын гражданскай сэриигэ кыттыбыт дьоммутугар  биир мүнүүтэлээх кэриэстэбилтэн саҕалаан, эҕэрдэ тылын этэн,  дьоһун кинигэ сүрэхтиир дьоро күммүтүн саҕалаатылар. Кинигэни хомуйсан таһаарбыт Тарас Прокопьевич  кинигэ хайдах чинчиллэн, үөрэтиллэн, хомуллан тахсыбытын туһунан кэлбит ыалдьыттарга сиһилии кэпсээтэ.

Кинигэ таҕыста да долбуурга ууруллубакка дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕаннаҕына, кэпсэттэххэ, ис санааны үллэһиннэххэ бу кинигэ суолтата, үйэтэ өссө уһуур, тэнийэр. Ол курдук саҥа тахсыбыт кинигэ туһунан санааларын үллэһиннилэр историяны бэйэтин ис санаатыттан интэриэһиргиир, үөрэтэр биир дойдулаахпытын, гражданскай сэрии кыттыылааҕын Соттойу үөрэппит, памятник туруорбут “Отуу уота” литературнай түмсүү салайааччыта Александр Григорьевич Дунаев, Нам улууһун П. Сивцев аатынан история-этнография музейын директора Александр Иванович Копырин уонна бу алдьархайдаах  сэрии туһунан өссө да үөрэтиллэн, чинчийиллэн үлэ барыахтааҕын, салҕаныахтааҕын туһунан  сырдатта  Никольскайдааҕы сир музейын директора Прасковья Романовна Протопопова.

Эҕэрдэ тылларын тиэртилэр, кинигэни хомуйан таһаарбыт дьоммутугар, ыалдьыттарбытыгар  Нам улууһа МТ баһылыгын экономикаҕа солбуйааччыта Марина Викторовна Обутова, Нам улууһун үөрэҕин управлениетын кылаабынай специалиһа Альбина Петровна Иванова.

Тэрээһиммит иккис чааһа “Нам улууһугар гражданскай сэрии сыллара” — научнай-практическай улуустааҕы конференция ыытылынна.

Бу конференцияҕа дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Александр Иванович Копырин – П. Сивцев аатынан история-этнография музейын директора,

Алексей Дмитриевич Яковлев – Үөдэй нэһилиэгин З.П.Саввин аатынан орто оскуола “Ийэҕэ Албан аат” музейын директора, Екатерина Романовна Колесова – Никольскай нэһилиэк модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ.

Конференция маннык хайысхаларга араарыллан ыытылынна: “Никольскай нэһилиэгэр буолбут гражданскай сэрии алдьархайа”; “Гражданскай сэрии төрөөбүт нэһилиэгим  олоҕор”; “Мин аймаҕым гражданскай сэрии кыттыылааҕа”. Манна уопсайа 17 үлэ киирбитэ. Кыттааччылар сүрдээх үчүгэйдик бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ киһини үөрдэр.

Конференция түмүгүнэн I миэстэни Бочкарев Александр – Н.С.Охлопков аатынан улуустааҕы гимназия 9-с кылааһын үөрэнээччитэ – “Нераскрытая страница жизни моего прадеда С.Г.Бочкарева”, салайааччы Надежда Георгиевна Колесова, II миэстэни Лукин Слава – Е.С.Сивцев–Таллан Бүрэ аатынан орто оскуолатын 9–с кылаас үөрэнээччитэ – “Хос эһэм гражданскай сэрии кыттыылааҕа”, салайааччы Колесова Валентина Спиридоновна, III миэстэни Новгородова Женя – Бастакы Хомустаах орто оскуолатын 8–с кылаас үөрэнээччитэ – “Үс сэрии кыттыылааҕа”, салайааччы Константинова Надежда Васильевна.

Улахан дьоҥҥо:

 I миэстэни Уваровская Мария Даниловна – Е.С.Сивцев–Таллан Бүрэ аатынан орто оскуола библиотекара – “Е.С.Сивцев – Таллан Бүрэ аймньыларыгар гражданскай сэрии чахчылара”, II миэстэни Касьянова Татьяна Васильевна – Е.М.Ларионов аатынан Салбаҥ орто оскуолатын учуутала  – «Биир суруктан сиэттэрэн», III миэстэни Никольскай нэһилиэгиттэн  М.К. Аммосов аатынан ХИФУ студентката Неустроева Анна Николаевна –– “Мин эһэм ревкомовец” ыланнар дипломнарынан, анал бириистэринэн наҕараадаланнылар.

  Тэрээһиммит түмүгүнэн 6 түһүмэхтээх резолюция ылынныбыт:

  1. 2019 сылга Никольскай нэһилиэгэр Республиканскай научнай-практическай конференцияны тэрийэн ыытыы.
  2. Ааҕыллыбыт докладтарынан брошюра таһаарыы.
  3. Дьокуускай куорат аудиовизуальнай киинин кытта «Реконструкция Никольского сражения» документальнай киинэни устуу.
  4. Полищенко музей-диэтин реставрациятын саҕалааһын.
  5. Гражданскай сэрии биллибэт кыттыылаахтарын көмүүтүн чопчулааһын, христианскай сиэринэн кириэс туруоруута.
  6. «Никольскай кыргыһыы» кинигэни таһаарыы.

Ити курдук саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа иэдээннээх, алдьархайдаах,  дойдуну атыйахтаах ууну аймаабыт   гражданскай сэрии  туһунан кэпсиир саҥа кинигэбит сүрэхтэниитэ олус интэриэһинэйдик буолан ааста. Бу историяны, чахчылары үөрэтэн, архивтан хомуйан, көрөн сурукка-бичиккэ тиспит, үлэлэспит дьоммутугар  уонна эдэр кэнчээри  ыччаппытыгар  олорон ааспыт, үлэлээн-хамсаан, бэйэлэрин суолларын хаалларбыт дьоммутун, улууспут историятын  ахсарбакка хаалларан кэбиспэккэ патриот быһыытынан кэлэн бу тэрээһиммитигэр кыттыспыккытыгар эһигини сыаналыыбыт уонна  махтал бастыҥ тылларын этэбит!

Дьяконова Р.Н., Павлова Н.В., Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотека ааҕааччылары кытта үлэлиир салаа библиотекардара.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять